Туох сонун // Иван Иванович Шамаев // 3 сезон 9 выпуск


Просмотров:
0
Добавлено:
24.05.2024
Категории: Разное
Комментарии (0)
Написать
Кликните на изображение чтобы обновить код, если он неразборчив
@skhasire1472: Кыцтара олох тётя буолан хаалбыт бытта 😂

@user-hq6ro1vm9c: Раиса о5ону иитии, саха норуотун инники кэскилин боппуруоьун сайыннарар уонна уорэтэр туһугар өссө атын чулуу учууталлары ыҥыран сыалай серия онорорун буоллар. Холобур, биир туспа коруулээх, уьулуччулаах Учуутал Чиряев Александр Константинович баар.

@user-hq6ro1vm9c: Ал5ас түбэһэ тустум бу биэриигэ. Олус сэргэх кэпсэтии буолла. Раиса5а улахан махтал! Сэмэлиир дьонно этиэм этэ, ыытааччы тылы үчүгэйдик билбэтин билинэн туран эдэр, бэйэтин саастыы, дьонно маннык Иван Иванович курдук үрдүк таһымнаах дириҥ коруулээх киьини ыныран билиьиннэрбитэ кэрэхсэбиллээх. Мантан эдэр ыччакка толкуй тахсыа диэн эрэл баар.Манна суруйбут дьон этиилэрин Раиса ылыныа дии саныыбын. Өссө да саха норуотун чулуу дьонун ыҥыран кэпсэтэн бэйэ колуонэ дьонугар билиһиннэрэ тур! Сайдыыны, бары утуону!! Иван Ивановичка Өссө да өр сылларга ситиьиилээх үлэни, ити этиилэргин дьон сэргэ ылынарыгар ба5арабын!

@user-qo9jy7mh2w: оҕону бобуохха оннугар атынынан солбуйан, оҕоҕо бэйэтигэр доруобуйаҥ туһугар диэн туһаайар тоҕоостоох дии саныыбын. харахпын сынньатабын, атын өттүбүн сайыннарабын, эт- хаан өттүнэн эрчиллэбин диэн

@user-if1qu8tx8s: Уйбаан Уйбаанабыс Олох- Сору сөпкө Этэҕит.Махтал!!!😊❤❤❤

@user-je6zq1eg5g: Уеьээ Булуулэр былыргыттан дьикти мышлениялаах дьон. Бары...

@user-gd5kc9tf1x: Боппуруос аҥара атын хайысхалаан тэрилтэ салайааччытыгар сөптөөх👮‍♂️.

@user-cu5rn8ri9d: Ыытааччы курдук ийэлэрдээх омук төрөөбүт тылын өрүһүйбэт

@user-cu5rn8ri9d: мэр Евгений Григорьев саамай мөлтөх мээр. Туһата суох, баар дуу суох дуу?

@kseniaal9110: ыытааччы сахалыы да нууччалыы да тылынан учугэйдик санаатын наардаан санарбат. саха тылыгар «эьиги» диэн тыл со5отох киьиэхэ туттуллубат — «эн» эрэ диэн туттуллар, кимниин да кэпсэт, «эн» диэн туттуох тустааххын. Уйбаан Уйбаанабыс таьымыгар тиийэр ыйытыктар суохтар, ыалдьыт бэйэтин тус керуутун, истиитин, былааннарын ыытааччы арыйбата. сорох ыйытыктар кыра ейтен тахсыбыт курдуктар.

@egorymestnikov6677: Интервьюну соччо сэргээбэтим. Ыытааччы Раиса, атын программа онорооччулар итиччэ таьымнаах киьини ыныран баран ситэ бэлэмнэммэтэхтэр, Иван Иванович суду таьымын таьаарбатылар, керееччугэ тиэрдибэтилэр. Уопсай сайдыы ыйытыктара сыыс проблемаларынан суураллан хаалалларыттан, ситимнэрэ сутэллэриттэн биир бэйэм сонньуйа санаатым. Иван Иванович интервью кэмигэр хата бэйэтэ тематтан тахсан, куттуеннээх проблемалары сырдатта. Билинни кэмнэ саха омуга хайдах ньымаларынан салгыы сайдыан себун эттэ. Ол эрэн интервьюга диринник утумнаахтык сырдатыллыбата: аныгы саха киьитэ оло5у керуутэ, санаата, оло5о-дьаьа5а хайдах буолуохтаа5а, туохха дьулуьуохтаа5а, о5ону сахалыы иитии олуктара, саха оскуолатын сайдыыта, Республика5а уерэхтээьин проблемалара, ону хайдах гынан туоратыахха эбэтэр сымнатыахха себуй, аныгы бириэмэ5э саха норуотун балаьыанньата (сепке сайдан иьэбит дуу?), норуот быьыытынан сайдыыта уо д.а. Уопсайынан общественнай деятеллары, политиктары ыныраргытыгар фундаментальнай со5ус проблемалары кете5ергут буоллар. Мин толкуйдуурбунан билигин бу биэриини онорооччуларга биир сурун проблема турар дии саныыбын: хайдах гынан биэриини керер эдэр ыччакка, ынырыылаах саха норуотун бас-кес дьонун саналаарын боростуойдук тиэрдэргэ. Бу биэрии икки ардынан буолбута ордук кестер: ыччакка ылынарыгар хайдах эрэ ыарахан буолуо, саастаахтарга урдунэн-аннынан барбытыттан улахан бол5омто ууруллубата буолуо. Иван Ивановичка, Раиса5а, программаны онорооччуларга ситиьиини, сайдыыны!

@user-em2bo9lc1s: Акаары баайы вопростары ыйытар Евгений Туьунан суустэ ыытта

@user-pi4fh1hs2v: Ведущайбыт ) сатаан санарбат 😅

@user-xw7bc7mo4l: Учугэй биэрии, эрээри, ыытааччы арыый культурата суох ыйытар курдук... Уонна тылын-еьун ессе керунуе эбит🙌🏻✊🏻

@user-wh8qv7kl9e: Билигин куораттан тыаҕа тахсыы политиката күускэ барыан наада, сирбитин атын омуктарга былдьатар куттал баар

@user-zn2km9xl8v: Элиибэтэр диэн тыл суох саха тылыгар

@user-zn2km9xl8v: Саха тыла олороро хас сыл хаалла? 😂 тыл киһи буолбатах

@user-zn2km9xl8v: Сөбүлэһэбин. Ыытааччы ыйытыылара, интервьюну салайыыта мөлтөх. Саха тылын билбэт, наһаа элбэх лексическэй, стилистическэй куруубай сыыһалары онорор. Тыл литературнай нуорматын тутуспат. Холобур, ТУТУҺААҺЫН буолбатах, ТУТУҺУУ. Теманы сатаан арыйбата. Иван Иванович ыччаты тыаҕа төннөр иитиини ыыппатахпыт алҕаспыт эбит диир, Онтон аны сүүмэрдээһин наада диир. Итини иилэ хабан ылан проблемнайдык ырытыан сөп этэ. Интэриэһинэй ыйытыылары биэрбэтэ.

@user-ge2wz4iz3u: Наьаа учугэй передача, корректно не корректно, баары баарынан, прямой ыйытыылар ди. Элбэх киьи син биир билиэн багарара буолуо, лицей иьин, киирбэтэх хом санаалаах дьон ол-бу диэн кэпсиэн сеп буоллага, эппиэт ыллахпыт ди. Махтал Иван Шамаевка аьагастык кэпсээбитигэр, Рая ессе да маннык интириэьинэй дьону ыныра тураргар❤

@user-bd6wq4rc7j: Кыыс провокационнай ыйытыылары сиэрэ суох биэрэ сатыыр да (таһымыт оннук), Иван Иванович хата ону көннөрөн өйдүүр. Өйдөөх, культуралаах киһи.

@user-rx2yh7gl6i: Уратыта диэн боппуруоһу наһаа да эрийэн мускуйан ыйытааччы ыйытта эппиэттээччи да наһаа ырааҕынан эрийэн эппиэттээтэ. Талааннаах оҕо таһымын кыаҕын көрөн талан ылан талаанын сайыннарыы, анал хайысхаларын сайыннарыы.

@RomRombI41: Сорох ыйытыылар «не в тему» диэбит багаилар ди, киьи кыбыстар🫠 🫠🫠

@vasiaargunov3363: Башкирияга Татарстанна газ суол баар баран керун ол исин тыа дьиетэ квартира курдук.

@user-yy1zu3un2v: Уйбаан Уйбаанабыска убаастабыл, ытыктабыл, хайҕабыл! Ирэ-хоро кэпсэтии барбытыгар махтал! ✊✊✊

@user-nv7wx1wo8t: Учууталларбытын, дириэктэрбитин уонна оскуолабытын бары наһаа күүскэ таптыыбыт! Лиссиэйгэ үөрэммит сылларбын куруутун үөрэ-көтө саныыбын. Кырдьыктыы элбэх о5о5о вожможность биэрэргит иһин улахан махтал❤️

@user-oo2xe4gj8i: Оҕолуу баҕайытык кэпсэтэҕин улахан киһини кытта

@ritarich410: То5о наьаа Григорьев туьунан ыйытта5ай

@user-zt2xk1kx1v: О5олор уерэннилэр..сири дойдуну бараатылар..устунан атын дойду экономикатын ере тардарга улэлииллэр.. онтон бу Республика кинилэри улахан суолга уерэтэн- такайан кетуппутугэр иэстэрин телуур туЬунан тебелеругэр толкуйдууллара дуу диэн боппуруос эбэтэр наадаларын ыллылар чэ уонна мин ыларым суох бэйэм иннибин эрэ аны керунэбин диэн санаан кетен хаалар курдуктар.. тумугэр ейдеех ,сатабыллаах о5олору атын дойдулар сайдалларыгар кыЬаллан иитэн таЬаарар курдук буолан тахсар..

@user-om4gt2hu2l: Уйбаан Уйбаанабыс, убаастабыллаах киьи, талбан игин НВК га того ынырбаттара буоллар.

@user-li6nx8wt9c: Огом уорэммитэ РЛИга, ол иннигэр Россия куораттарыгар 6 оскуолага уорэммитэ, биьиги улэбитинэн араас куоракка олорбуппут. Олортон РЛИ саамай огом собулэбит оскуолата, это не школа, это мой дом диэччи😁 Иван Ивановичы наьаа учугэйдик кэпсиир огом, учууталларын эмиэ. Икки сыл саамай учугэй сылларым диэн саныыр👍🏼 уопсайынан РЛИга оголору как то так воспитывают или подход находят, что они сами хотят учиться их не заставляют👍🏼 биьиги ыалтан, Ленинградскай областян, РЛИ оскуолатыгар барга махталбытын тириэрдэбит❤ эьиэхэ уорэммит Тюрк уол ийэтэ, агата, от души кордубут эфиры, иьиттибит👍🏼

@user-lk3wp3pe4o: Тумсуу - диэн саамай сепке этэр..

@user-ku1vr5vj7d: 👍

@Mariv951: Маннык передача нвк -за кестере буоллар... Элбэзи толкуйдатар биэрии буолла

@user-nq3ss5cq5d: Маладьыас тугу редакцилыы сатаан, аһаҕас кэпсэтии дии баары баарынан. Университетка үөрэммитим Уйбаан Уйбаанабыска. Боростуой, студеҥҥа үчүгэй сыһыаннаах эдэр препод этэ, кураторым өссө. Сүрүн биричиинэ мин санаабар тыабыт сиригэр олох тутахсыйда, саха кииҥҥэ тардыһар. Тыа сиригэр олох тупсуон наада, ол ментальностка эрэ буолбатах. Үөһээ Бүлүүгэ тиийэн тоҕо эрэ үлэлээбэтэх дии бэйэтэ

@user-ff1qj2cd8u: Тыалартан кэлэн үөрэнэр оҕолор төрөппүттэрэ дойдуларыгар кэлэн үлэлээн ,төрөөбүт дойдулара сайдарыгар туһаны аҕалар курдук ииппэттэр.Үөрэҕи бүтэрэн баран манна кэлимэ,куоракка хаала сатаа дииллэрэ кистэл буолбатах.Оннук иитии бара турарын туххары ,ол интернат үлэһиттэрэ ииппиттэрин да иһин кыаллыбата буолуо дии саныыбын.Ситиһиилээх үлэһит буолар эбэһээт престижнай школаҕа эрэ үөрэнэртэн тутулуга суох дии саныыбын.Арай төрөппүттэр куоталаһаллар быһыылаах ,оҕолоро ханнык оскуолаҕа үөрэпэринэн.

@elizavetapakhomova9760: 40 о5о диэн элбэхбиир кылааска,хас биирдиио5о5оучуутал эппитэкыайан тиийбэт

@user-hg7gf5ly6d: Наьаа дирин ис хоьоонноох кэпсэтии буолбут! Ого иитиитигэр, тыа олого сайдыытын, инникитин, терут тыл проблематын, испэр сылдьар санааларым Уйбаан Уйбаанабыьы кытта сеп тубэьэр эбит.

@user-qp7iq9cg2v: «Туох сонун» идеята учугэй. Но, ыытааччы боппуруостары тактично ыйытыан наада. Ааспыт Ил Дархан биэриитигэр уун утары керен олорон «уе5эр» эмиэ элбэх толкуйу уескэтэр.

@user-ht9wn7sy4t: Томскай ити баай киһибит бу Шамаевка наһаа майгынныыр эбит. Өйдөөн көрөөрүн эрэ үчүгэйдик болҕойон.Уола буотах да диэн боппуруос үөскүүр ээ,олоххо араас буолуон сөп ээ.

@user-qe6pv6pz7d: Понравилась беседа, но некоторые вопросы журналистки были некорректными. Спасибо за встречу, успехов гостю передачи! 🤝

@user-qm4qw8ju4t: Дорожка буолбатах дуо🤔

@user-jc4pt1tf6z: Иван Шамаев курдук Сахалыы толкуйдаах киьи баар буолан Сахалар бакаа баарбыт

@user-qm4qw8ju4t: Буергун, быаргын биэрэн туран....😂

@user-ts5sq6nq3s: Бу бырайыакка наһаа таһымнаах, норуокка биллэр дьон кэлэллэр. Ол хайҕаллаах👍Устуу, монтаж, тыас-уус таһым👍Ол эрэн ыытааччы бэйэ бодотун тардыныан наада: тылын-өһүн көрүнэн, ыалдьыты толору арыйар ыйытыылары бэлэмнээн, туттан-хаптан олороро кытта киһи хараҕар барыта быраҕыллар. Ыытааччы ардыгар уулуссаҕа көрсөн кэпсэтэ олорор курдук саҥарара истэргэ олуона баҕайы. Интервью ылар эмиэ үлэ, онон ситиһиилэри ✊

@alOL8689: Иван Ивановичка улахан убаастабыл!

@user-ht3lp4ff2i: Олох үчүгэй биэрии

@user-tm5gd3hx5q: Рая маладьыас! Олус интириэһинэй ыйытыылары биэрдин, бэлэмнэммитин көрсөр. Ыалдьыт Улахан Киһи, олус мындыр өйдөөх, дьиҥнээх патриот. Ол эрэн киниэхэ аһара официальнай буолбакка, бу Рая таһаарбытын курдук чэпчэки кэпсэтии эмиэ оруннаах, баар буолуохтаах🤗.Сахалыы саҥарар гына иитии туһунан олус үчүгэйдик сөптөөхтүк этилиннэ.

@user-qm4qw8ju4t: Ыытааччы наьаа элбэх нууччалыы тыллары туттар. Непоколебимай диэни бэрт эрэйинэн санарда😂

@user-eg7tl2ue2i: Саамай ахта-саныыр, таптыыр оскуолам директора. ❤❤❤

@user-eg7tl2ue2i: Саамай убаастыыр киһим, ытыктыыр мындыр учууталым. ❤

@sakhayaananikolaeva1232: Сорох сорох вопростара ынырык туппойдар😂😂😂 киһи күлэр😅 сөхтө быһылаах ыалдьыккыт

@agniyaagniya5658: Биhи Учууталбыт, биhи Оскуолабыт, киэн туттабыт! Саха улуу учуутала, бастын, оскуолата🙌

@user-td4of4mt3v: Туһалаах кэпсэтии. Элбэх киһи иһиттин, толкуйдаатын.

@useruser-cf9dp: Бу тумсуу баара олох наада,септеех идеялар киирэн истинэр🙏

@useruser-cf9dp: Рая маладьыас,биэриилэргэр. Кытаат🙏

@useruser-cf9dp: ИванИванович Шамаевы убаастыыбыт,ытыктыыбыт,саха талааннаах оголорун мунньан уерэтэ сылдьаргытын истэбит,билэбит,бу уhун сылларга. Саха тылын куускэ таргата сылдьаргын билэбит. Махтал буоллун🙏 Бу темпагын ыhыктыбакка иннин хото баран ис, биhиги сахалар бэйэбит ейдеен пропогандага киирбэккэ,ис турукпутун тутан айаннаан иhиэхпитин наада. Сахалар уйэлэртэн тутан кэлбит хайысхаларбытын умнубакка, омуктар дьалхааннарыгар бэриммэккэ ,куустээхтик бэйэбит суолбутун тутан баран иhиэхпитин наада. Тыага да олорон сайдыахха сеп,ол киhиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах. Тыа условиятын ессе сайыннарыахпытын наада. Куораты,дэриэбинэбитин тэннэ тутар кэммит кэлбит курдук. Тумус туттар сахабыт дьоно куускэ ылсан ,элэр келуенэгэ кемелеhуехтэрин наада. Бу ютуб сайдыбыт кэмигэр,киhи сайдыыта куускэ киирдэ. Эдэр дьон бэйэтэ ейдеен омугун куускэ ере тутуон сеп. Ол баар да курдук. Кестеллер эдэр келуенэгэ ,ону уерэ ,сэнээрэ керебут. Кытаатын👋 Бэртээхэй ис хоhоонноох кэпсэтии тагыста. Маладьыастар 🙏

@PechenneTi: Биир тыынынан кордум,бэйэм ыйытыктарбар сурдээх аьа5ас,киэн,ойдобуллээх эппиэттэри буллум👍🏻 Киьини элбэххэ толкуйдатар биэрии буолла☺️ маннык чулуу учуутал убайдардаахпыт - дьол✨ Махталы кытары Иван Иванович,этэннэ,чол-чэбдик сырыт🙌🏻

@sshnstr8175: Тайм код наада🙌🏻

@user-gt5fy3th6b: Олох себе суох ыйытыылары ыйытар, инникитин ону керун. Уонна бэйэн санаа5ын то5о суомнуугун, эн санаан биhиэхэ наадата суох.

@user-ub2ff6jg5l: 👍🏽

@user-eb2op1zj6i: Уерэххэ киирии туспа, онтон ол уерэ5и бутэрии отой атын дьыала. Истиллэринэн киирбит уерэхтэрин бутэрии кердеруутэ РЛИ киэнэ кыра. Центрвузтан теннен кэлэр о5олор элбэхтэр. Аны улуустартан о5о бе5етун суумэрдээн ылаллар, но олорор условиелара суох. Бастакы уочарат интернат тутуллуохтаах этэ, условие олохтонуохтаах этэ.

@user-wv6qf8fw7n: Мин үрдүк сололоох аймаҕым оҕотун ылбатаҕын билэбин, өһүргэнии иҥин баар быһх этэ. Хата мин ыраах тыаттан оҕом киирэн кыһылынан бүтэрбитэ, стобалльник буолбута)

@dariyaeverstova5833: Рая, манна монтажный вставкалар наадалар эбит ☺️👍🏽 били дудька игин курдук, например ити Михаил Андреевич туьунан кэпсээн са5алаабытыгар пояснительная бригада курдук ☺️

@dfg1451: Саха чулуу уола👍

@annas9910: Интервьюер бестактная. Ага киьилиин бэйэтин тэннээгин курдук кэпсэтэ сатыыр.

@user-to1ph8dt8m: Ыытачы хадах эрэ ди😅

@Galtom-zw7gg: Саха норуотун туһугар туруулаһар дьоннортон биирдэстэрэ, Иван Иванович гаджеттар тустарынан серү сөпкө эттэ, Мин оҕом бэйэтэ телефону утаран 10 кылааска үөрэнэ сырыттаҕына күүспүтүнэн ылан биэрбиппит, ону да араас куораттарга Олимпиадаҕа сылдьар буолан, группаттан хааллаххына хайдах буолаҕыный диэн ыган эрэ. Билигин ити этиллибитин курдук саҥа төрөөбүт оҕо телефону сатаан тутара буоллар биэриэх курдуктар, оҕоннон дьарыктаммат эрэ туһуттан. Саха дьонун тылын сүтэрэр куттала итиннэ сытар.

@aisena.9772: Тыл туьунан кэпсэтии киирбитигэр дьэ интервью сагаланна) ИИ олох философ, соп этии киллэрдэ тыл туьугар

@BB-lz4qe: Рая Уйбаан Уйбаанабыс маннык биэриигит кэпсэтиигит иьин улахан махтал! Саха Сирин чулуу дьонун туьунан ыалдьыттан лекция истибит киьи бэрт буолуо этэ

@Kh-ld8tw: хайдах эрэ себе суох боппуруостар бааллар

@user-rl4zo9mg9m: Тылгын нуучалыы булкуйан саҥарарыҥ ,саха майгытын саҥатыгар толору турууласпат,,следыҥ,,иҥин диириҥ сүөргү.Эрдэ бэлэмнэнии ирдэнэр,итинник улахан дьону ыҥырыах иннинэ.

@user-rp5oe6wr8d: Очень понравился проект. Баары -баарынан. Но рекомендую редактировать вопросы, были пара не этичных вопросов.

@user-th2hp1uu4c: Саха улуу дьонуттан биирдэстэрэ. Маннык толкуйдаах , ейдеех киьини истэ эрэ олоруохха сеп. Раиса эмиэ боппуруостара учугэйдэр , кыратык «сытыы» да боппуруостар бааллар (с политическим подтекстом) ол эрэн интервьюер быьыытынан сайдан иьэр. Кыратык сыыс тыла , кыбытык тыла , нуучча тыла , оо-та , аа-та суох санарарга уерэниэххэ наада эбит.

@muglerizm: ФТЛ-га уонна РЛИ туттарсыы соро5ор бок о бок буолааччы, тем более в 2010-ые. онон то5о элбэх бааллаах о5о киирбэтэх буоларый диир буоллаххытына, ол о5о ФТЛ талбыт буолуон соп. мин туттарсарбар элбэхтэ оннук буолааччы. элбэх о5о, тороппут биьиэнэ буолбатах эбит диэн эмиэ туоруур. оссо биир сурун оруолу 5-9 кылааска туттарсыыга саха тыла ооньооччу. математика5а саамай элбэх бааллаах эрээри, саха тылыгар, сахалыы изложенияга 0 буолла5ына, ол о5о туорааччы. оссо психологическай чааьыгар, собеседования5а о5о "то5о туттарса кэллин, то5о РЛИга киириэххин ба5ара5ын" диэн боппуруоска "ээ папам телефон атыылаьыам диэбитэ" эбэтэр "ээ тороппуттэрим насильно а5ыллылар" диир о5о элбэх буолааччы😂 онон дьиннээхтии уорэниэн, уорэ5и чинчийиэн эрэ ба5арар о5о киирэр маннык курдук оскуола5а. сахалыы-махалыы толкуйдаах. онтон 10-11 кылааска олус элбэх о5о туттарсар буолан (6 араас хайысха) манна уже строго баллынан корор буолуохтарын соп, нууччалыы эрэ кэпсэтэр о5олор баар буолааччылар

@user-sk5iv2mm1b: Конеечно, всё не так, как повествует Шамаев ИИ. В 1974 году в Верхневилюйске была образована средняя школа #2, обычная советская, не элитарная, как вы тут этим словом разбрасываетесь. Элитарные учебные заведения есть в Итоне, в Великобритании, во Франции, в общем, это понятие европейское. А наши школы, как ни крути, из советской школы В этой школе #2 были просто физматклассы с 8 по 10 классы, а не целая физматшкола, разберитесь хоть как-то яснее. И не МА Алексеев школу #2 создавал, а просто детей школьного возраста в Верхневилюйске становилось больше и больше, естественно,, по программе Минобразования эта школа и была построена и укомплектована 1 по 10 классы. Физматклассы с 8 по 10 классы были сформированы из учащихся ближайших районов. Вот и вся правда. Я там училась, знаю, из 80 х годов. В новой школе команда учителей была превосходная, которые пришли из замечательной школы #1 им ИБарахова. Так что, историю не надо интрепретировать в угоду себе.

@user-jw5zp5rz3w: Мин 2016 сыллаахха педагогика эйгэтигэр киирбитим. Наар оскуола баппат, бол5омто5о ылыллыбат,бандьыыт о5олоро кэлээччилэр. Этэҥҥэ бары үөрэхтээх, кимнээ5эр талааннаах, сатабыллаах, көрсүө дьон буолан салгыы үөрэнэ сылдьаллар.

@user-sl5fr9nv4v: Кэпсэтии олус бэркэ барда. Махтал.

@Odun_24: Нэһилиэктэр түмсүүлэрэ тэриллэрэ буоллар диэн, хата ити үчүгэй санааны эттэ, кырдьык ол түмсүү тыа сирин инникитэ буолуон сөп эбит ди👍

@Katya_x_suol: Наһаа үчүгэй, киһини толкуйдатар кэпсэтии👏👍 Махтал Уйбаан Уйбаанабыска, Раяҕа🤗🙏🙌

@user-mr4ci4vs3z: 👍🏻👍🏻👍🏻

@user-di1cu3zh5z: Самодиентификация по национальности не зависит от языка, на котором говоришь.

@user-bu4xh2hg1z: Тыага олорбот ментальность 1960-1970 сс сагаламмыта , мин ейбер, кпсс школа производство вуз диэн биьиги келуенэни хотонунан куттаабыта

@user-cb7cn6fy3s: Лицей гимназия физмат О5олорун то5о Республиканскай масштаб олимпиада тумугунэн то5о уэрэххэ путевка биэрэн ыыппатый Тэрэппут наадыйбат

@user-cb7cn6fy3s: 5 -11 класс бэлэмнээх о5олор

@user-cb7cn6fy3s: Лицей уонна гимназия о5олор уэрэнэр дьиэлэрэ олох эргэ мас дьиэ5э уэрэнэллэр Условия питания мэлтэх Араас социальн туруктаах бааллар О5ону бары эттунэн сайыннаары Логическая мышления Сайдыан наада Олимпиада5а кыттыы Бэйэлэрин сайыннарыы тумугэ кэстэр базата учуутала

@user-cb7cn6fy3s: Учуутал о5ону пласталин курдук чочуйар наада О5ону таба тайаныы Учууталтан тутулуктаах

@user-cs2eg7fn8z: Биьиги сахалар дьолбутугар улэлии хамсыы сылдьар Иван Ивановичка э5эрдэ , Махтал.

@user-cb7cn6fy3s: Оннук о5олору уэрэммит Ускэ бизнескэ охтоллор Сахалар кытаатын

@user-cb7cn6fy3s: Логика ,мышления ,стремления форум ума и начитанности

@user-cb7cn6fy3s: То5о физмат уэрэ5и бутэрэр о5олору то5о араас идэ5э уэрэххэ ыыппаккыт тумугэ суох

@user-cb7cn6fy3s: Уустук диэн политикаттан тутулуктаах диэн кэрэбун

@user-cb7cn6fy3s: Учуутал уопсайынан о5олору кытта уонна тэрэппуту кытта ыкса улэ мэлтэх Общество родителей работа и усталость не хватка времени в хозяйстве и тем более развития детей Поэтому общества Виноваты во всем Биьиги о5олорбутун анал кылааска кыра эрдэхтэринэ свободнай бириэмэ о5ону анал сыал туруорар о5ону сэптээх суолун буларыгар кыах биэрэр Урдук баллаах о5о уэрэ5ин бутэрэн улэлиир о5олору кэпсээн Республика оло5ор улэлиир о5о баар да То5о тыа5а олохсуйар о5ону чочуйан таьаарар Условиятын туруорсар Билигин платн уэрэх омук буолла Физмат уэрэх бутэрбит о5олор урдук сололоох о5о тэьэ элбэ5ий То5о сахалар салайар о5олор суохтарый

@dolcevita8886: Саха норуота симэлийбэтин туһугар, аан дойду таһымыгар холкутук тахсар, тэҥҥэ кэпсэтэр, үлэлиир өйдөөх- санаалаах дьону иитэн, үөрэтэн таһаарар, Үөһэттэн айдарыллан, ыйыллан кэлбит улуу учууталлартан биирдэстэрэ 👏🤝💯🔥

@user-ci3lb7wt7w: Сэбиэскэй кэмнэ саха тыла сутэр кыага суох этэ, саха дьоно улахан анара тыага туэлбэлээн олорбута. Билигин дьэ чахчы кутал уэскээтэ , саха барыта куораты булла , урбанизация охсуута биьиэхэ кэллэ, торут саха дьарыга харахпытыгар сутэн эрэр, т/х сайдарыгар улахан дьиннээх программа баар буолуохтаах, коруллэр харчы дьонно дьиннээхтик тиийиэн наада оччого эрэ багар эдэр ыччат тохтуо, т/х бизнес буолуохтаах, чэ ити бэйэм коруум.

@user-dq7fp9fo5l: Оьуобай, астык, интириэьинэй биэрии буолбут!!🤩👏👏👏Иван Ивановичка ойун-санаатын уллэстибитигэр махтал!!

@user-mu2ch6lk8r: Райс маладьыас, хамаандагар э5эрдэ 👍🏻👏🏻 суду курдук мындыр, киэн, дьирин, толкуйдаах ыалдьыттары ыныран ис✊🏻 Саха буоларбыттан уердум а5ай) уонна о5олорбун сахалыы иитэр эбиппин диэн куустээх санаа киирдэ 🙌🏻 улуустарга кадры тиийбэттэрэ бэт. Ол иьин дьон бары дьокуускайга тардыьаллар.

@user-rz3tm2rs9d: Граданскай общ во сайдыан наада.

@user-rz3tm2rs9d: Чахчыта, тыа сирэ иччитэхсийдэ даҕаны, саха норуота диэн эмиэ суураллар. Бу саамай тыын кыһалҕа.

@user-rz3tm2rs9d: Көрүҥэ.

@user-rz3tm2rs9d: Биһиги кэммит биир толкуйдаах, кэскили түстүүр киһитэ Иван Шамаев. Бэртээхэй интервью. Ол эрээри сахалыы тыллары эрдэттэн толкуйдаан кэлэр ирдэнэр буоллаҕа СМИ үлэһититтэн. Холобура, кырбый диэн көтөр аата дии.

Похожие видео: